Дьол: сэһэн
Обложка

Дьол: сэһэн

Якутскай

Саха сиринээҕи кинигэ издательствота

1985

173 с.

Краткое содержание

Сэһэн сүрүн геройа Ганя Тиитэп дойдутугар төннөн аарыма харыйа анныгар арааһы, ааспыты саныы олордо. Кини кыһыл оҕо эрдэҕинэ аҕата ийэлэрин Үчүгэй Өксүүнү быраҕан атын дьахтарга барбыт, онон оҕолорун аҥаардаһан ииппиттэр. Кэлин ийэтэ Байбал диэн киһиэхэ эргэ тахсыбыт, киниттэн Бүлүүчээнэ диэн кыыс оҕоломмут. Ол киһиэхэ Ганя аҕыйах сыл иһигэр олус убаммыт, хомойуох иһин, Байбал сэриигэ ылбыт бааһа көбөн эрдэ өлөөхтөөбүт. Ол эрээри Байбал туһунан сылаас өйдөбүл уол дууһатыгар сылаастык сөҥөн хаалбыт эбит. Ганя Таана диэн сэмэй, килбик кыыһы кытта ахсыс кылаастан доҕордоспута. Кыыс уол армияттан кэлэрин икки сылы быһа күүппүтэ. Оттон Ганя армияттан кэлээт Тася диэн кыыһы кытта билсиһэ охсон тута холбоспуттара. Кэлин Таанатын кытта көрсө сатаабытын кыыс үүрэн ыыппыта.
Ганя университетка саҥа үөрэнэн иһэн кэтэхтэн көһөргө күһэллибитэ, Тася маҥнай мин үөрэнэрбэр көмөлөс диэбитэ оруннаах курдуга. Онон уол соҕуруу кэргэнэ үөрэнэр сиригэр тиийэн үлэҕэ киирбитэ. Таптал баар курдуга эрээри, бэйэ-бэйэлэрин өйдөспөттөрө элбээн барбыта. Саатар кыыстара бэйэлэрин тастарыгар суоҕа. Ол иһин уол үөрэҕин кэтэхтэн салгыыр санаалаах Дьокуускайга төннүбүтэ. Тутар-монтажтыыр учаастакка үлэҕэ киирэн, Киров уулуссаҕа турар уопсайга хос биэрбиттэригэр олорбута. Кинилэр хосторугар төрдүөлэр этэ. Испирдиэҥкэ диэн уолу кытта хара маҥнайгыттан туох да төрүөтэ суох өстөөх буолбуттара. Биирдэ Ганя бүтэһик экзаменыгар бэлэмнэнэ олордоҕуна Испирдиэҥкэ табаарыһынаан холуочук киирэннэр киниэхэ баайсан барбыттара. Онуоха Ганя туттуммакка уолаттары быһыта сынньан түһэрбитэ. Ол кэннэ үлэ, үөрэх хаалан бу куотан кэлэн олордоҕо.
Ганя төрөөбүт бүһүөлэгэ Аартык үтүө дьоннооҕунан биллэр. Биир оннук дьикти киһинэн оҕо сааһын доҕоро Кулуһун аҕата Мөрүөн Бүөтүр буолар. Кини туһунан олус элбэх үчүгэйи булан кэпсиэххэ сөп эрээри, киһибит биир куһаҕан адьынаттаах. Ол кини арыгылаан баран санаата уларыйара, киһиргиирэ киирэрэ буолар. Кэргэнэ Калиста оҕолоро үһүөн кыра эрдэхтэринэ быраҕан барбыта. Үөрэхпин ситэ бүтэртэрбэтиҥ, уруһуйдуур талааммын мэҥиэһинниҥ диэн кэргэнин буруйдаабыта, арай кинини санатар уруһуйдаабыт хартыыната эрэ истиэнэҕэ ыйанан хаалбыта. Сотору буолаат дьиҥнээх тапталын көрсөн кэргэн тахсыбытын туһунан сурук тутааһына Мөрүөн Бүөтүргэ олус ыарахан этэ. Онон уолун Кулуһуну, игирэ уоллаах кыыс Викалары бэйэтэ соҕотоҕун ииппитэ. Билигин кини дьолугар оҕолоро сытыары-сымнаҕас майгылаах буола улаатан, Виката бастыҥ үлэһит, Виктор үрдүк үөрэҕин бүтэрээри сылдьар. Ийэлэрэ хаста да төннө сатаабытын Мөрүөн Бүөтүр таҥнарыахсыты кытта олорбоппун диэн дьиэтигэр киллэрбэтэҕэ. Оҕолорго ийэ хайаан да наадатын Бүөтүр син өйдүүрэ. Ол эрээри Хочо совхоһун экономиһа Дуня Мөрүөн Бүөтүр утары хардыы оҥорорун өр да күүппүтэ. Ону Бүөтүр соҕотох сылдьыах быатыгар бэйэтэ кэтэмэҕэйдээн хаалбыта. Ол онтон ыла хас да сыл ааста эрээри Дуняшата умнуллуохтааҕар төттөрүтүн санаатыттан арахсыбат буолан барда. Биэс сыллааҕыта Бүөтүр эмискэ сананан киниэхэ дьиэтигэр тиийэ сылдьыбытыгар Дуня кэргэннээх олороро, кэлин эрийэ сырыт диэн телефон нүөмэрин биэрбитин санаата буолбакка эрийэ илик.
Ганя үһүс курсу бүтэриэхтээҕэ сыччах биир экзаментан ыйанан хаалла. Эбиитин Испирдиэҥкэлээх саана хаалбыттарын кэпсиэ дуо, уоппускабар кэллим диэн ийэтигэр сымыйалыыр. Бэйэтин уолун курдук саныыр Мөрүөн Бүөтүргэ сүбэлэттэрэ тиийэн хайдах баарынан барытын аһаҕастык кэпсээн биэрэр. Маны таһынан уолуҥ өссө биир оспот баастаах, кини улахан айдааҥҥа кыбытыктаах. Үлэ көрдүү сэбиэккэ киирэ сылдьыбытыгар председатель Лаарап үүрэн ыытар. Бу бэйэтэ эмиэ иһэ- истээх дьыала. Сэттэ сыллааҕыта ийэтэ эмээхсин суоҕар Захар Амолов диэн солуута суох соҕус киһилиин бииргэ арыгылаабыттара. Аамалап аһара киһиргэнэрин тулуйбакка Ганя тыл бырахсыбыт буруйдаах. Киһитэ быһах үрдүгэр түһэн иһин сууралаан аһыппытыгар , быһаҕы киэр илгибитэ, киһитин дөйүппүтэ. Аамалап таайа Лаарап көмөтүнэн буруйдаах Ганя бэйэтэ буолбута, икки сыл хаайыыга олорон тахсыбыта. Мөрүөн Бүөтүр дьыала дьиҥ иһин билэр буолан райкомҥа киирэ сырыт диэн сүбэлиир.
Ганя Тиитэп Бүөтүр биэрбит аадырыһыгар тиийэн хаһыакка үлэлиир Лэгэнтэй Мөкүрдээнэби кытта көрсөн баран райкомҥа тиийэр. Онтон салгыы районо сэбиэдиссэйиттэн Аартыкка учууталлыы тахсарын истэн баран ончу итэҕэйбэт. Ону Мөкүрдээнэп сэттэ сыллааҕыта оҥорбут алҕаһынан бэйэҕин моруу гыныма диэн уоскутар.
Мөрүөн Бүөтүр быйыл олох атыннык дьаһанан оттуур былааннаах сылдьар. Онон кини звенота урукку курдук хонтуораны манаабат. Кураан күннэр тураннар звенотун дьоно оттоон да ырааттылар, ааттара- суоллара да иһилиннэ. Былааннарын аһара куоһуран аны икки сүүс тоннаҕа киирсэ сылдьаллар. Мөкүрдээнэп от үлэтин-хамнаһын билсэ сылдьарыттан, Мөрүөн Бүөтүрү кытта ыкса доҕордууларын билэн Лаарап дьиксинэ саныыр. Кини бэйэтэ туттубут ат эккирэтэр дьиэтигэр кэллэҕинэ эрэ уоскуйар. Кини дьиэтигэр ыалдьыт-хоноһо бөҕө тохтуур, оттон Мөкүрдээнэп Бүөтүргэ хоно бардаҕа үһү. Мөкүрдээнэп барбытын кэннэ олохтоохтор кистии-саба хаһыаты маныыр буоллулар. Сотору соҕуһунан Мөрүөн Бүөтүр звенотун хайҕаан уонна сайылыктар тустарынан балаһа тухары бэчээттэнэн хаһыат тахсыбыта кэлэр. Лаарап сэрэхэчийэрэ туолан хаһыат аныгы нүөмэригэр кириитикэлээһин эмиэ баар буолла, онон кини райкомтан бириигэбэр ылла. Саатар аймаҕа Аамалап арыгылаан санаатын түһэрдэ, арыгылыа суох буолан хаһыс да төгүлүн тылын биэрбитэ. Лаарап Яков Андреевич төбөтүгэр хаһан да батарбатах дьыалалара саҕаланан эрэллэр быһыылаах. Ол курдук орто оскуола директорынан Тумусов Федя анаммыт, өссө Ганя Тиитэп учууталынан ананан тахсар буолбутун истэн иһигэр кыһыйа саныыр.
Ганяны Дьокуускайга экзаменын кыһыҥҥы сессияҕа туттарыах буолан төрдүс курска таһаардылар. Санаата барыта табыллан үөрэх саҕаланыытыгар Аартыгар дьэ тиийэн кэлэр. Олоҕун суолун булан эрэриттэн ийэтэ, балта Бүлүүчээнэ уонна Мөрүөн Бүөтүр олуһун үөрдүлэр. Оттон Викалаах Федя дьоллорун түстүүр киэһэлэрэ кулууп дьиэҕэ толору киһилээх олус истиҥник ааста. Манна алгыс дьиҥнээх бырааһынньыга, оһуохай дуорайара, үҥкүү үгэнэ барыта бааллар этэ.
Ганя истиҥник саныыр урут билсибит Катятын кытта дьэ көрсөр. Катя культура училищетыгар бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ детдом кыыһа Шура кэргэнинээн өлбүттэрин кэннэ кыыстарын иитэ сылдьар. Ахсыһы бүтэрбит балта Зойкалыын, кыра Шуриккалыын бэйэлэрэ бып-бырылас ыаллар. Аартык кулуубугар уус-уран салайааччынан үлэлии сылдьар.
От үлэтэ бүтэн, сыбаайба ааһан Бүөтүр дьэ иллэҥсийэр. Санаатыгар кинини эмиэ туох эрэ үчүгэй күүтэр курдук. Биэс сыллааҕыта Дунялыын быһаарсан кэбиспэтэҕиттэн олуһун диэн кэмсинэр. Эмискэ эр санаатын ылан оройуон киинигэр киирэн Дунялыын көрсөргө быһаарынар уонна олоҕо кининэн эрэ тыыннааҕын аһаҕастык билинэр. Дуня эмиэ эдэр сааһа кинитэ суох халтайга ааспытын кэмсинэрин этинэр. Бүөтүр Дуняны мотоциклыгар олордон Аартык диэки айанныыллар. Дьиэтигэр тиийэн Викалаах Кулуһун соһуйбаттарын курдук уолун Бииктэри сэрэтэ ыытар. Уол баран иһэн урут Вика аҕалара оҕолорун туһугар улахан тапталыттан аккаастаммытын, ол иһин аҕатын хаалларан үөрэххэ барбатаҕын туһунан эппитин саныыр.
Дуня телефонунан кэпсэтэн үлэтигэр отгул ылар буолла. Николайга телефонунан эппитигэр анараа киһи кинилэр тустарынан эрдэттэн билэр буолан Дуняҕа дьолу баҕара хаалар. Онон иккиэн да дууһалыын чэпчээн киэһээҥи Аартыгынан күүлэйдээн баран тиийбиттэрэ дьиэҕэ тобус-толору киһи буолбут. Дьэ ити курдук Аартыкка икки ыал утуу-субуу эбилиннэ.
Ганя Тасятыттан арахсыбакка бииргэ буолуох, оҕобут туһугар олоруох диэн суруйбут суругун тутар. Ону кинилэр олохторо тус-туспатын,аны бииргэ хаһан да буолбаттарын, арахсалларын туһунан суруйан хардарар. Кулуупка Катяны көрсөн кыайан тапталыгар билиммэккэ төннөр. Оттон Катя кулууптан соһуччу үөрүүнү күүппүттүү уйадыйа санаан дьиэтигэр кэлэр. Ганя хаайыыга олорон Катя хоһооннорун ааҕан уоскуйарын, кинини балтын курдук куруук араҥаччылыы сылдьыаҕын туһунан эппитин саныыр. Катя эмиэ Ганяны ураты ыраас тапталынан таптыырын билигин кэлэн дьэ өйдүүр.
Эдуард Соколов “Дьол” сэһэнэ 1986 с. тахсыбыта. Айымньыга суруйааччы Ганя Тиитэп дьылҕатын кэтээн көрөр. Эдэр киһи олоҕор араас харгыстары, мэһэйдэри туораан көнө суолга үктэнэрин, ыраас тапталы көрсөрүн итэҕэтиилээхтик ааҕааччыга тиэрдэр.

Кинигэ ис хоһоонун кылгастык кэпсээтэ ведущай библиограф Илларионова Саргылана СӨ Национальнай библиотеката. Оҕо ааҕар киинэ

Соколов, Эдуард Дмитриевич
Дьол : (сэһэн) / Эдуард Соколов. - Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1985. - 173, [1] с.

Войдите в систему, чтобы открыть документ

Материалы по теме
Вам будет интересно