Тематические подборки
Картинка коллекции
Майя Петровна Слепцова - Саха Республикатын үтүөлээх артыыһа

Майя Петровна 1957 сыллаахха ыам ыйын 2 күнүгэр Чурапчы оройуонун Бахсы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1979 сыллаахха Дьокуускай куораттааҕы культурнай-сырдатар училищены, онтон 1986 сыллаахха Улан -Удэ куоракка культура институтун үөрэнэн бүтэрэн баран, Ньурбатааҕы государственнай көһө сылдьар театрга артыыһынан үлэлии киирбитэ.

Оонньообут оруоллара:

Айта - «Мас холбука» И. Семенов; Нараҕана - «Лоокуут уонна Ньургуһун» Т. Сметанин; Балыксыт ойоҕо - «Уот Дьулустаан» В. Гаврильева; Буор кут - «Кир» Ю. Макаров; Тыаhааны - «Тыгын Дьанхалаах дьолуо» И. Гоголев - Кындыл; Айыы Куо - «Кыһыл ойуун» П. Ойуунускай; Матаһыйар Маайа - «Акаары дьахтар» В. Гаврильева; Айыы удаҕанас- «Буура Дохсун» Эрилик Эристиин; Ньукэн - «Күкүр Уус» С. Омоллоон; Автора оруола – «Сүүһүн туолбут эмээхсин ырыата» А. Кулаковскай; Иччи - «Иччилээх балаҕан» И. А. Дмитриев - Сиэн Чолбодук; Киристиин - «Похоруонка» И. А. Дмитриев - Сиэн Чолбодук; Филумена Мартурано - «Үрүҥ көмүс лыах» Эдуардо де Филиппо уо. д. а. Испэктээктэри таһынан «Ситим» уонна «Кырдьыбат сүрэх – дьол» диэн уус-уран киинэлэргэ уһуллубута.

Режиссерскай үлэлэрэ:

Испэктээктэр:
«Халлаан сырдыахтаах» И. А. Дмитриев – Сиэн Чолбодук; «Өстөөх ханна саһан сылдьар» И. Егоров, Н. Семенов, Н.К. Докторов-Быычырдаан;
Кылгас метражтаах киинэлэр: «Арай биирдэ…», «Хоноһо».

Наҕараадалара:

Саха Республикатын үтүөлээх артыыһа
Саха Республикатын Правительствотын Бочуотунай Грамотата (2006)
Культура уонна духовнай сайдыы министерствотын Махтал суруга (2014)
Саха Республикатын государственнай мунньаҕын (Ил Түмэн) наукаҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, культураҕа, информацияны киэн эйгэҕэ иһитиннэрэр- биллэрэр комитетын Бочуотунай Грамотата (2014)
Саха Республикатын Ил Дарханын Бочуотунай Грамотата (2016)

Майя Петровна «Эбээ Маайа» диэн сахалыы ханаал арыйан, саха суруйааччыларын айымньыларын, ону таһынан оҕолорго анаан араас остуоруйалары ааҕан, дьон-сэргэ сахалыы тылынан кинигэни ааҕарыгар, айымньылары истэригэр, төрөөбүт тыл умнуллубакка көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэригэр бэйэтин кылаатын киллэрэр.
Кэллиэксийэ Эбээ Маайа ааҕыыларынан оҥоһулунна. Ааҕыылар саха литературатын төрүттээччилэр, норуодунай суруйааччылар, араас кэмнээҕи суруйааччылар айымньылара уонна остуоруйалар диэн араарылан кэллиэксийэҕэ киирдилэр.
Издания подборки 1 - 10 из 272
4.

Год: 2023

Инсценировку Андрея Борисова "Желанный голубой берег мой..." по повести Чингиза Айтматова "Пегий пес, бегущий краем моря" читает заслуженная артистка РС (Я) Майя Петровна Слепцова-Эбээ Маайа